Бүгүн, балаҕан ыйын 1-гы күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕор, сэрии сылларын оҕотугар, өр сылларга улуус ойуурун хаһаайыстыбатын салайбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылын туйгунугар Семенов Егор Михайловичка ыалдьыттаатым.
Егор Михайлович Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон бэйэтин үлэтин суолун, тэҥҥэ үлэлээбит дьонун, улууспут айылҕа харыстабылын кэрдиистэрин, аймах-билэ дьонун, төрдүн ууһун туһунан суруйбут "Айылҕалыын алтыспыт олоҕум суола, аймах-билэ дьонум" диэн кинигэтин миэхэ бэлэх уунна.
Егор Михайлович төрүт дойдун Көтөрдөөҕүн туһунан, Көтөрдөөх олохтоохторун туһунан суруйбутун кэпсээтэ. Ол иһигэр, мин сыдьааннарым, төрдүм-ууһун туһунан сырдатан элбэҕи биллим. Егор Михайлович төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыыннаах туоһута уонна холобур оҥостор киһибит. Улуус ойуурун хаһаайыстыбатын салайар кэмигэр 1434 ойуур баһаарын умулуннаран, улуус айылҕатын харыстааһыҥҥа сүҥкэн кылаатын киллэрбит киһи буолар.
Егор Михайловичка чөл доруобуйаны, уһун үйэни уонна өссө элбэх үтүө санаалары баҕарабын! Кини холобура эдэр ыччакка төрөөбүт сири таптааһыҥҥа үтүө холобур буолар.
#ҮөһээБүлүү
max.ru/channel_VNikolaev
Forwarded fromВалерий Николаев
3
2
1September 1, 2026 124


